Оскуолаҕа оҕо түмсүүлэрин туһунан
Билиҥҥи кэмҥэ оҕо түмсүүлэрин сайдыытын боппуруостара өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник тураллар. Саха сирин оҕо түмсүүлэрэ үгүстүк көрсөн, араас тэрээһиннэри ыытан, түмүллэн инники күөҥҥэ тахсар. Оҕолор эрдэттэн салайар, элбэҕи, үтүөнү оҥорор дьоҕурдара сайдыытыгар бу түмсүүлэр үлэлэрэ улахан суолталаахтар.
Биһиги оскуолабытыгар урут-уруккуттан 3 оҕо түмсүүтэ үлэлээн кэллэ: улахан сүһүөххэ - «Түмэн», орто сүһүөххэ «СМиД», кыра кылаас оҕолоругар - «Кустукчаан». Бу үс түмсүү сүрүн сыалынан оҕолору личность быһыытынан лидер хаачыстыбаларын сайыннарыы, ону кэлэктиип оҕолор сөпкө туттуу буолар. Бу үс холбоһуктан саамай тутаах «Түмэн» түмсүү буолар. Улахан кылаастарга ... Читать дальше »